Социальнай ситим нөҥүө күннэтэ араас талааннаах дьон айан, оҥорон, чочуйан таһаарбыт оҥоһуктарын олус сэргии көрөбүн. Кинилэр истэригэр иистэнньэҥнэр, туоһунан, маһынан, оҕуруонан, тимиринэн, күндү түүлээҕинэн о.д.а. матырыйаалынан көрүөхтэн кэрэ көстүүлээх оҥоһуктар айыллан тахсаллар. Олор истэригэр оҕуруонан дьахтар араас киэргэлин, симэҕин оҥорор кыыһы бэлиэтии көрбүтүм. Февронья инстаграм страницатыгар кэрэ эйгэтин билиһиннэрэр киэргэллэрин тэҥэ, дьиэ кэргэнин, оҕотун күннээҕи ситиһиилэрин суруйар. Суруналыыс киһи быһыытынан страницатын арыйан, сыныйан көрбүтүм, илиитигэр талааннаах эдэркээн ийэ соҕотох оҕото инбэлиит кыысчаан эбит. Онтон тоҕо эрэ Февронья Азарованы көрсөн, кинилиин кэпсэтиэхпин баҕарбытым.
Февронья Уус Алдан улууһун Бэйдиҥэтигэр күн сирин көрбүт. Онно оҕо садыгар сылдьан, дьоллоох оҕо саас диэн тугун билэн, оскуола боруогун атыллаан ситиһиилээхтик үөрэнэн, ийэлээх-аҕатын, уһуйааччы учууталларын алгыстарын ылан, кынат анньынан олох киэҥ аартыгар үктэммит.
Ийэлээх аҕатыгар бастакы кыыс оҕонон күн сирин көрбүт. Феня икки балтын көрөн-истэн, төрөппүттэрин уҥа илиилэринэн, солбуллубат көмөлөһөөччүлэринэн буола улааппыт. Билигин кыргыттар үһүөн ыал ийэлэрэ, дьиэ кэргэн хаһаайкалара. Сайын аайы төрөөбүт тэлгэһэлэригэр тахсан, төрөппүттэригэр көмөлөһөн, оттоон, сир астаан, дойдуларын ахтылҕанын таһааран кэлэллэр.
Оскуола саҕаттан тарбаҕар талааннаах кыыһы, искусство эйгэтигэр уһуйбут учуутала Р.А. Охлопкова сүбэлээн, И. Винокуров аатынан Намнааҕы педучилищеҕа, декоративно-прикладной искусствоҕа, таҥаска батик түһэрии кистэлэҥэр, И.И. Кузьминаҕа уһуйуллан, устудьуон сэргэх олоҕун, эдэр саас кэрэ түгэннэрин, таптал иэйиитин толору билбит. Эҥсиэли хочото Феняны олоҕун аргыһын кытта көрүһүннэрбит, таптал сылаас уйатын төрүттээбит ытык сиринэн буолар. Азаровтар быйыл ыал буолан олорбуттара номнуо 18-с сыллара.
Күүтүүлээх күндү оҕобут, кэрэчээнэ кыыспыт
– Устудьуоннуу сылдьан кэргэмминээн билсэн ыал буолбуппут. Күүтүүлээх кыыс оҕолоохпут. Кыыспыт төрүөҕүттэн хараҕынан көрбөт. Бэйэтин саастыылаахтарыттан сайдыытынан улаханнык хаалан иһэр. Онон ыарыһах оҕолоох дьон наар балыыһа эҥэрдэнэн, эпэрээссийэ, массаж, реабилитация бөҕөнү ааспыппыт. Оҕобут билигин 5-с кылаас буолла. Дьиэҕэ олорон үөрэнэр. Бэйэбит дьиэлэнэ иликпитинэ, наар куортамнаан олорбуппут, ыарыһах оҕобутун эмтэтээри улахан туругу ааспыппыт, – диэн кэпсиир Февронья Азарова.
Инбэлиит оҕолоох төрөппүттэри кытта билсэн, биир кыһалҕалаах дьон мустан, түмсэн, сүбэлэһэн араас тэрээһиннэргэ кытталлар. “Харысхал” фонда нөҥүө логопедка, психологка сырытыннаран, оҕолорун сайыннара сатыыллар. Билигин эдэр ийэ бу фонда нөҥүө араас маастар кылаастарга сылдьар, бэйэтин оҥоһуктарынан быыстапкаларга кыттан, атын маннык кыһалҕалаах ийэлэргэ санааны түһэрэн, олорон хаалбат үтүө холобурун көрдөрөр.
Талба талаан хаһаайката
– Оҕобун кытта дьиэҕэ олорор буоламмын, тэрилтэ үлэһитэ буолар кыаҕым хайдах да суох. Онон араас идеялар, санаалар киирэннэр, миигин үүйэ-хаайа туталлар. Кэргэмминээн Ионнуун иккиэн айар дьоҕурдаах дьоммут.
Аан бастаан дьонтон сакаас ылан, торт астыыр этим. Онтон салгыы бэйэм интернетинэн үөрэнэммин, оҕуруону тиһэр буолбутум. Оҕуруонан араас киэргэллэри, оҥоһуктары айан таһаарыы мин дьикти алыптаах иэйиибинэн буолбута. Айар үлэбэр сүрдээх хаппырыыспын. Онон кыраны даҕаны сөбүлээбэтим да, тута көтүрэн, көннөрөн иһэбин.
Түөрт сыллааҕыта кыыспытыгар эпилепсия диэн диагноз туруораннар, бириэмэнэн эмп иһэр буолбута. Ол таблетката дьайан, оҕобутун уһуннук утутар. Онон кыыһым утуйар кэмигэр кольелары, короналары, брошьтары, ытарҕалары, араас киэргэллэри оҥоробун.
Айар киһи иэйии киирэр кэмин мүччү тутумуон наада. Тугу эрэ оҥоруох, айыах-тутуох санаа киирдэ да, дьикти дьарыгым иһигэр киирэн хаалабын. Үлэлэрим сүрүн сыаналааччытынан, дьүүллээччитинэн кэргэним буолар. Ион идэтинэн ювелир, өҥү аттарарбар, эскиз оҥорорбор куруук сүбэ-ама буолар, – диэн санаатын үллэстэр айар куттаах ийэ Февронья Азарова.
Эдэр ийэ общественнай үлэтэ
Экологиябыт, айылҕабыт буорту буолуутуттан, аспыт-үөлбүт иҥэмтиэтэ суоҕуттан араас ыарыы күн-түүн элбии турара, ол түмүгэр ыарыһах оҕо ахсаана элбээһинэ киһини дьиксиннэрэр. Харахтарынан көрбөт оҕолор төрөппүттэрэ түмсэн инникитин маннык кыһалҕалаах оҕолор дьарыктаах, үлэлээх буолалларын ситиһэр санааттан, “Сырдык көмүскэл” диэн фонда тэрийбиттэр.
2020 сылга дьиэҕэ олорон үөрэнэр оҕолорго анаан кинигэ таһаарбыттар. Маннык оҕолор тулалыыр эйгэни ылыналлара эмиэ ураты эбит. Көрбөт оҕо, дьиҥэр, айылҕаттан олус талааннаах буолар. Кинилэр ырыаһыт, учуутал, массажист о.д.а. тулалыыр дьоҥҥо олус туһалаах идэни баһылыахтарын сөп. Харахтарынан көрбөт оҕолор ортолоругар илиилэригэр талааннаахтар эмиэ баалларын, маннык дьону общество атыҥыраабакка, туора көрбөккө ылыныаҕын баҕарарын туһунан бэйэтэ маннык кыһалҕаны көрсүбүт ийэ барахсан кэпсээн аһарда.
– Санаа түһүүтэ баар бөҕө этэ… Кэргэммин кытта элбэхтик өйдөспөт түгэннэр да бааллара. Онтон сыл-хонук ааһан истэҕин аайы проблематтан куоппакка, хайдах баарынан ылынан, оҕобут этэҥҥэ улаатарын туһугар санаабытын холбоон, күн бүгүн тиийэн кэллэхпит. Дьылҕа хаан ыйааҕын толоро кэлбит дьон буоллахпыт. Киһи бэйэтин олоҕун уруһуйдаан, араас кыраасканан киэргэтэн биэриэхтээх дии саныыбын. Онон баар балаһыанньаттан куоппакка, ону быһаара сатыахха, кыһаллыахха наада. Хас биирдиибит, бэйэбит олохпут худуоһунньугунан буолабыт.
Иистэнэрим, оҕуруо тиһэрим таһынан, харахтарынан көрбөт оҕолору сайыннарар сыаллаах үлэҕэ ылсан бэйэм кылааппын киллэрсэбин. Көрбөт оҕо курдук харахпын быһа симэн олорон, маннык диагнозтаах оҕо тарбахтарын көмөтүнэн, тутан-хабан көрөрүн, билэрин ситиһэр сыаллаах 4 кинигэни оҥорон таһаардым. Оҕону сайыннарар тактильнай кинигэ диэн ааттанар. Холобур, ахсаан уруогар геометрия формалара, Брайль ньыматынан сыыппаралар. “Кымырдаҕас мүччүргэннээх сырыылара” кинигэҕэ айылҕа матырыйаалын, гербарийы, ракушканы туһанан оҥордум. Биир кинигэбэр күндү түүлээҕи, норка, куобах, тииҥ, эһэ түүтүн туһанан уонна фетрынан тимэхтэнэ үөрэтээри “замок-липучка” быалаан оҥорбутум.
Бу кинигэлэрбин оҕолор да, учууталлар да наһаа сөбүлээн туһаннылар. Кинигэлэрбин быыстапкаларга, учууталлар араас тэрээһиннэргэ маассабайдык тутта сылдьаллар, – диэн санаатын үллэһиннэ Февронья Азарова.
Февронья Константиновна: “Киһи талаана илиитигэр баар. Ону сайыннарарга баҕа санаа эрэ наада”, – диэн бэрт эрэллээхтик этэр. Инникитин бу айар дьикти дьарыгын тохтоппокко, өссө сайыннарар былааннааҕын кэпсээтэ. Инбэлиит оҕолоох дьоҥҥо государство өттүттэн өссө өйөбүл, болҕомто үрдүөн баҕарарын эттэ. Ыарыһах оҕону иитэр, үөрэтэр, киһи гынар бу күүстээх санаалаах дьон туруоруммут соруктара. Дьиэ кэргэн бөҕө туруктаах, кытаанах укулааттаах эрэ буоллаҕына маны тулуйарын киһи саарбахтаабат. Эдэр ийэ инникитин даҕаны туруоруммут сыалын-соругун ситиһэн, былаана олоххо киирэн иһэригэр баҕарабын.
Екатерина Бястинова.
Хаартыскалар айар куттаах Азаровтар дьиэтээҕи архыыптарыттан туһанылыннылар.